Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 5 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

БYГYН: Курупааскы, улар охсуута саҕаланар.
Сотору:
1 күнүнэн: 21.04.2025 Күн көрдөҕүнэ, сайына ичигэс, былыттаах күн сайына куһаҕан.
3 күнүнэн: 23.04.2025 Паасха. Чуумпу сылаас түүн буоллаҕына сайына куйаас, кураан. Ириэрии күүһүрэр. Түүн тоҥорор.
4 күнүнэн: 24.04.2025 Чалбах үчүгэйдик килэйбэтэҕинэ, сайына куһаҕан.
7 күнүнэн: 27.04.2025 Республика күнэ
11 күнүнэн: 01.05.2025 Маай бырааhынньыга.
         
    

Ойбоҥҥо күөгүлээччилэргэ сүбэ

  • Саҥа тоҥмут мууска сылдьартан сэрэн. Хойуу оттоох, силис, мас баар сиринэн мууһа мэлдьи чараас буоларын умнума.
  • Тымныы күҥҥэ килэҥ мууска быраҕыллыбыт балык олус түргэнник  тоҥон амтана дьүдьэйэр. Үөрүйэх балыксыттар хаптарбыт балыктарынэмискэ тоҥмотун курдук дьааһыкка, холуста суумкаҕа угаллар.
  • Анньыы төбөтүгэр киһи дэҥнэммэтин диэн эрэһинэ шланганы кэтэрдиллэр.
  • Кыһын саҕаланыытыгар балык (сордоҥ, алыһар) сүүрүктээх сиртэн тэйэр, хамсаабат уулаах дириҥ сирдэргэ хорҕойор. Оттон кыһын иккис аҥаарыгар балаһыанньа уларыйар: балык салгыҥҥа наадыйан сүүрүктээх сирдэргэ көһөр.
  • Балык туппатын үрдүнэн биир ойбоҥҥо дьөлө хатанан олоруу көдьүүһэ кыра. Ити чааһыгар быраабыла бэрт судургу: төһөнөн элбэх ойбону аллараҕын да, соччонон элбэх балыгы хаптараҕын.
  • Кыһын ортотугар күөгүлүү сылдьан балык оонньообот буолла да мэҥиэн кээмэйин кыччатан биэрэн ис.
  • Мэҥиэҕин сибиэһэй хаһыатынан суулаама. Типография кырааскатын сыта балыгы үргүтэр (син биир киһиэхэ бензиннээх килиэби сыҥалаабыт тэҥэ).
  • Чаҕылхай күннээх кыһыҥҥы күн ойбоҥҥун күлүгүн бүөлүүрүн курдук олор. Эбэтэр хаары табыгынатан ойбоҥҥун хаххалаа.
  • Тымныы күҥҥэ күөгүн быата мууһурарын ыраастаан биэрэн иһиэххин наада. Суон быаны балык сөбүлээбэт, үргэр.

"Кыым" хаһыат 2006 сыл сэтинньи 9 күнэ.

Суруйда Baaska. 2013-02-05 13:07:50 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ