Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 3 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
2 күнүнэн: 10.06.2025 Дьахтар күүлэйдиир күнэ. Сайылыкка көһүү сүпсүлгэнэ бүтэн, нус - хас үүт тураан күннэр үүнэллэр. Уоскуйбучча дьахталлар оҕолорун батыһыннара сылдьан, кырдьаҕас хатыҥ маска салама ыйыыллар, алаадьы буһаран сыт таһаараллар. Өгүрүө кэлэр. Дөлүһүөн сибэккилэнэр, сардаана тыллар. Бу күн чуумпу - үчүгэй үүнүүлээх дьыл.
4 күнүнэн: 12.06.2025 Российскай федерация суверенитетын кунэ. Ыраас, куйаас, чэмэлкэй күннэр.
6 күнүнэн: 14.06.2025 Самаан сайын са5аланар кэмэ. Ыhыахтар са5аланаллар. Ардаатаҕына - үчүгэй үүнүү.
8 күнүнэн: 16.06.2025 Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах.
13 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
         
    

Айыы итэҕэлэ

Бэс ыйа

Бэс ыйа – Үрүҥ Айыы ыйа

От-мас үп-үрүҥ сүүмэхтэрэ сир үрдүгэр хаар курдук тарҕана көтөр кэмнэрэ Улуу Тунах дэнэр. Улуу Тунах сайыҥҥы күн муҥутаан уһуур кэмигэр буолар. Бу былыргынан бэс ыйын саҕаланыыта.

Сиһилии


Айыы итэҕэлэ

Ыам ыйа

Ыам ыйа – Иэйиэхсит ыйа

Сайын саҕаланар. Иэйиэхсит хотун түһэр. Кини  сылаас тыына буорга, ууга, салгыҥҥа иҥэр. Киһини амарах, эйэҕэс оҥорор, бары куһаҕантан арчылыыр. Иэйиэхсит кири-хоҕу сөбүлээбэт.

Сиһилии


Айыы итэҕэлэ

Муус устар

Муус устар – Айыыһыт ыйа

Муус устарга киһиэхэ Айыыһыт ордук чугаһыыр кэмэ. Кини баар буолан сиргэ Таптал, Кэрэ үөскээбит, тэнийбит. Айыыһыт илиҥ халлааҥҥа олорор.

Сиһилии


Айыы итэҕэлэ

Кулун тутар

Кулун тутар – Дьөһөгөй ыйа

Хараҥа аҕыйаан, сырдык баһыйыытын Дьөһөгөйүнэн бэлиэтиибит. Дьөһөгөй диэн Айыы. Кини үһүс халлааҥҥа олорор. Урут уруккаттан Дьөһөгөй – сылгы таҥарата.  

Сиһилии


Айыы итэҕэлэ

Олунньу

 Олунньу – Одун ыйа

Олунньу диэн – онус ый. Уон – бүтүү бэлиэтэ. Түҥ өдөбүлүнэн – олунньу төгүрүк сыл тиһэх ыйа. Төгүрүк сыл хараҥа, тымныы аҥаара – эргэ дьыл бүтэр. Олунньу 11 күнүгэр  былыргылар Ынах таҥарата диэни бэлиэтииллэрэ. Олунньу 12 күнүгэр дьыл оҕуһун биир муоһа тостор. Олунньу 24 күнүгэр иккис муоһа туллар

Сиһилии


    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ