.
Билигин сайтка 3 киһи баар
Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии
Билгэлэнэргэ биир киhи күҥҥэ биирдэ эрэ баттыахтаах, ол кэннэ утуу субуу хаста да баттаабытын аахсыллыбат, маҥнайгы эрэ сырыын дьиҥнээх буолар.
Саха өйдөбүлүнэн Дьөһөгөй - сылгы Айыыты. Кини Орто дойдуга сылгыны үөскэтэр уонна араҥаччылыыр. Былыр саха олоҕо сылгыта суох өйдөммөт этэ. Дьон Айыылар саханы уонна сылгыны Үөһээ дойдуттан Орто дойдуга биир кэмҥэ түһэрбиттэр диэн итэҕэйэрэ.
Сиһилии
Саха киһитигэр биир чугас Айыынан Иэйиэхсит буолар.Кинини былыр ынахха майгынныыр дьүһүннээх, эбирдээх муруннаах, көлөһүннээх сүүстээх дьахтар курдук көрөллөрө. Иэйиэхситтээх киһи өлөн - охтон биэрбэт диэн этэллэрэ.
Саха итэҕэлигэр киһиэхэ ордук чугас Айыылартан Айыыһыт буолар. Былыргы саха киһитэ кинини нэлэгэй саҥыйахтаах, эҕэтэйдии кэппит бэргэһэлээх дьахтар гынан көрөрө. Кинини аһыныгас санаалаах, сымнаҕас илиилээх, үөрүнньэҥ майгылаах дииллэрэ.