Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 4 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
2 күнүнэн: 10.06.2025 Дьахтар күүлэйдиир күнэ. Сайылыкка көһүү сүпсүлгэнэ бүтэн, нус - хас үүт тураан күннэр үүнэллэр. Уоскуйбучча дьахталлар оҕолорун батыһыннара сылдьан, кырдьаҕас хатыҥ маска салама ыйыыллар, алаадьы буһаран сыт таһаараллар. Өгүрүө кэлэр. Дөлүһүөн сибэккилэнэр, сардаана тыллар. Бу күн чуумпу - үчүгэй үүнүүлээх дьыл.
4 күнүнэн: 12.06.2025 Российскай федерация суверенитетын кунэ. Ыраас, куйаас, чэмэлкэй күннэр.
6 күнүнэн: 14.06.2025 Самаан сайын са5аланар кэмэ. Ыhыахтар са5аланаллар. Ардаатаҕына - үчүгэй үүнүү.
8 күнүнэн: 16.06.2025 Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах.
13 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
         
    

Айыы итэҕэлэ

Турук

Ханнык баҕарар киһи үчүгэйдик олоруон баҕарар. Ол үксүгэр киһи ис туруга хайдаҕыттан тутулуктаах буолар.

Сиһилии


Айыы итэҕэлэ

Билии айыылара

Оскуола, орто уонна үрдүк үөрэх билиитин таһынан олоҕу билии баар. Киһи ханнык да идэлээх, дьарыктаах эбэтэр баай-дуол буолбутун иһин олоҕу билиитэ тиийбэт буоллаҕына, кини сыыһалары оҥорор, бэйэтин кыаҕын сарбынар.

Сиһилии


Айыы итэҕэлэ

Аан Дьааһын

Олоххо араас көстүү, суол - иис олус элбэх. Киһи ол элбэхтэн төһөтүн эрэ талан ылыахтаах. Ол талан ыларыгар сыыһыа суохтаах. Оччоҕо эрэ кини табыллар. Ханнык баҕарар табыллыы төрдүгэр кырдьык, дьиҥ баар буолар.

Сиһилии


Айыы итэҕэлэ

Улуу Суорун

Хас биирдии киһи олоҕун сүрүн туһаайыытынан идэлэнии буолар. Идэлээх буолан, киһи туһа оҥорор, онон олоҕун оҥостор. Саха итэҕэлигэр Улуу Суорун дьоҥҥо дьиэ уотун уонна идэни биэрэр таҥара быһыытынан биллэрэ. Сахаҕа киһи идэтэ сүнньүнэн үс суоллаах:

Сиһилии


Айыы итэҕэлэ

Хотой Айыы

Киһи хаһан баҕарар атын дьону кытта алтыһан, кыаҕын холбоон эбэтэр атастаһан олорор буолар. Онон кини олоҕо араас түмсүүлэр нөҥүө ааһар. Билигин араас түмсүүлэри киһи сатаан ситэн аахпат кэмэ. Киһиэхэ ордук дьайыылаахтарынан дьиэ кэргэн, омук быһыытынан уонна олорор судаарыстыба түмсүүлэрэ буолаллар.

Сиһилии


    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ