Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 5 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
2 күнүнэн: 10.06.2025 Дьахтар күүлэйдиир күнэ. Сайылыкка көһүү сүпсүлгэнэ бүтэн, нус - хас үүт тураан күннэр үүнэллэр. Уоскуйбучча дьахталлар оҕолорун батыһыннара сылдьан, кырдьаҕас хатыҥ маска салама ыйыыллар, алаадьы буһаран сыт таһаараллар. Өгүрүө кэлэр. Дөлүһүөн сибэккилэнэр, сардаана тыллар. Бу күн чуумпу - үчүгэй үүнүүлээх дьыл.
4 күнүнэн: 12.06.2025 Российскай федерация суверенитетын кунэ. Ыраас, куйаас, чэмэлкэй күннэр.
6 күнүнэн: 14.06.2025 Самаан сайын са5аланар кэмэ. Ыhыахтар са5аланаллар. Ардаатаҕына - үчүгэй үүнүү.
8 күнүнэн: 16.06.2025 Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах.
13 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
         
    

Балаҕан ыйа

Балаҕан ыйа – Улуу Суорун

Балаҕан ыйа – дьон бары кыстыгар кэлэн олоҕун булунар кэмэ. Балаҕан иһинээҕи түбүк үгэнэ. Оттон таска: хотону сыбааһын, оттук маһы бэлэмнээһин, тэлгэһэни, далы, хаһааны сөргүтүү. Маны барытын балаҕан турар сиригэр, кыстыкка кэлэн баран оҥороллор. Ити иһин балаҕан ыйа дэнэр.

Балаҕан ыйын биир сүрүн уратытынан Улуу Суорун кэлиитэ буолар. Кинини уот, идэ таҥаратынан билинэбит. Ордук ойууннарга, уустарга, тыл илбиһин туппуттарга сыһыаннаах. Улуу Суорун суолтата, анала үрдүк.

 

Балаҕан ыйыгар төрөөбүттэр

Ууттан утумнаах киһи холку, наҕыл майгылаах, олох тугу биэрэринэн олорор. Хаһаайыстыбаннай, баайын – дуолун ыспат – тохпот, харчыны ааҕан туттар. Айылҕа биэрбит дьоҕурдара байҕал түгэҕэр курдук дириҥник кистэнэ сылдьаллар, ону таба тайанан арыйдахха, дэҥҥэ көстөр улахан талааннаах. Уу бэлиэтэ этиһэрин, аахсарын сөбүлээбэт, хомойдоҕуна, саҥата суох санаатын түгэҕэр сөҥөрөн кэбиһэр. Хоргуттаҕына, өһүргэннэҕинэ, сонно тута биир-икки сытыы ох тылынан утары этэн, саҥата суох ыытар эбэтэр кэлин тоҕоос булан үгэргээн, ыас гынан ыстаан, сыста сылдьан ыстырыыстаан кыһыытын – абатын таһаарар. Кини айылҕаттан нэс, онон түргэнник быһаарыы ылынан быстыбат, үлэтэ – хамнаһа бытаан, элбэҕи ситиһэрин куоттарар.

Байҕал бэлиэ киэҥ, аһаҕас дууһалаах, онон олус эрэллээх, истиҥ доҕор буолар.

 

Балаҕан ыйыгар төрөөбүт эр дьон

Сүрдээх үлэһит, байанайдаах булчут, алааска, тыаҕа сылдьарын ордорор. Айылҕаттан туһанара элбэх – бултаан, балыктаан санаатын көөнньүөрдэр, оттуун-мастыын эрийсэн этин-сиинин эрчийэр. Салгын сиэн сэниэ эбинэр.

Уу бэлиэлээх эр киһи үксүгэр элбэх саҥата суох, холку, наҕыл, киэҥ көҕүстээх, көнө майгылаах. Биирдэ эмэ уу халыгырыырын курдук быыстала суох түргэнник саҥарар уу бэлиэтэ баар буолар.

Байҕал бэлиэ уус илиилээх, анаан дьарыгырдаҕына, сөбүгэр уһаныан, уруһуйдуон сөп.

 

Балаҕан ыйыгар төрөөбүт дьахталлар

Айылҕаттан уйан, иэйиилээх дууһалаах, көрсүө, элэккэй майгылаах. Бэйэтин ис санаатын биллэрбэт, көөнньүөрдэҕинэ – бэрт дьиибэлээх тыллаах – өстөөх. Эппиэтинэстээх, толоругас, орто баайыылаах үлэһит. Ыра санаата – үчүгэй киһиэхэ кэргэн тахсан, оҕо-уруу төрөтөн, быр бааччы олоруу. Дьиэтигэр – уотугар чэнчис, барытын хомуйа – бэрийэ, дьаһайа сылдьар, ыалдьытымсах, үтүө хаһаайка.

 

Балаҕан ыйыгар төрөөбүт оҕо

Уу бэлиэлээх оҕо чуумпу майгылаах. Кыра киһини болҕойон көрдөххө, чөмчөкөтүн иһигэр тугу эрэ наар толкуйдуу, ырыта сылдьар курдук буолар. Улахан дьону үтүктэн, киһи эрэ күлүөх курдук. Араастаан хамсанар. Оҕолору кытта оонньуу үөрэммэтэх буоллаҕына, өр кэтээн көрөн, үөрэтэн баран биирдэ чугаһыыр.

Оскуолаҕа киирдэҕинэ, бастаан өйдөөн быстыбат, бэйэтин эйгэтигэраралдьыйан, олох атыны саныы олоруон сөп. Улаатан истэҕин аайы үөрэҕэр эбиллэн иһэр.

 

Балаҕан ыйыгар төрөөбүт дьон доруобуйата

Уу бэлиэлээх киһи мөлтөх уорганнара – үөс, куртах уонна оһоҕос.

Бороҥ лоһуор, бөрө ото, тимэх от, отон сэбирдэҕэ, луук, хаас ото туһалаахтар.

Суруйда Baaska. 2012-01-06 23:20:31 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ