- Ыраастаныы диэн ыарыы күлүгүн, дьон куһаҕан тылын, хара санаатын тэйитии. Киһи киртэн дьайтан ыраастанарга дьулуһар.
- Куһаҕаны санаатаххына, эттэххинэ, көрдөххүнэ: «Кый», - диэн үүрэр куолу.
- «Алыас» диэн бэйэни ыраастаныллар.«Арчы» диэн уотунан арчыланар, ыраастанар.
- Абааһы, хара дьай киһи хаҥас өттүгэр сөрүөстэр кыдьыктаах. Ол иһин былргылар, куһаҕаны дьалбарытан, хаҥас санныларын нөҥүө үстэ силлээн баран кириэс охсуналлара.
- Хому, чуораан, симэх тимиритэн, үрүҥ көмүстэн оҥоһуллар. Тимир – айыы атарата буолан абааһыны, дьайы үүрэр.
- Хомус тыаһа – ыраастыыр, харыстыыр суолталаах. Кыһыҥҥы кэмҥэ дөрүҥ дөрүҥ хомус охсон ыраастанар куолу.
- Чуораан тыаһа иҥмит кири – хоҕу үтэйэргэ аналлаах. Дьиэҕэ киирэр сиргэ чуораан ыйаныахтаах. Киирбит киһи чцорааны тыаһатан, тыас таһааран ыраастанар, бэйэтиттэн кири – дьайы тэйитэр.
- Саха киэргэлэ, симэҕэ барыта харыс суолталаах. Дьахтарга – бастыҥа, дьабака, ытарҕа, илин – кэлин кэбиһэр, бөҕөх. Эр киһиэхэ – кур, саха быһаҕа.
Розалия Иннокентьевна Бравина «Саргыны салайыныы» кинигэтиттэн. «Бичик» 2013 сыл.