Ыйдаҥа – 14.02.2004
Биир үтүө сарсыарда
Эйигин көрбүтүм
Харахтарын уоттара
Сүрэхпин умаппыта.
Дьэ, ол онно билбитим
Таптыыбын диэбитим.
Олоҕум анала-
Эн эрэ, эн эн эрэ.
Ыйдаҥа, эйигин көрсөммүн,
"Бырастыы" - диэбитин
Ким миигин таптыырый?
Эн миигин.
Сардаҥа, эн миигин атаарбытын
Бэлэхтиэм бу ырыаны
Эйиэхэ, эйиэхэ.
Сыыспыппын сараабаппын,
Тапталбын атаарбаппын,
Атын кыыска биэриэм суоҕа
Эйиигин, мин эйиигин.
Кини таптал тыллара
Сымыйалар, сымыйалар.
Көрдөһөбүн сэгэриэм,
Атыны эн санаама.
Эрэлбин сүтэрбитим,
Эрэй диэни билбитим.
Сыллар – күннэр ааһыахтара
Таптал уота уостубата,
Умайара, умайара
Мин сүрэхпэр.
До5орбор
Хаһан эрэ биһиги оҕо сааспытыгар
Бииргэ сылдьыбыппыт,
Бииргэ кэрэ күннэри атаарарбыт,
Бииргэ оонньуурбут.
Хаһан эрэ биһиги
Бииргэ дьиэлиирбит,
Сибэкки хомуйан
Ийэлэрбитигэр бэлэхтиирбит.
Ону билигин мин
Өйдүү-саныы сылдьабын.
Онтон эн? Ыйыттым мин.
Доҕорум миигин умнума.
Бастакы доҕордоһуу, эйэлэһии
Хаһан да умнуллубат
Оттон мин бастакы доҕорбун
Умнуом суоҕа
Мэлдьи саныы сылдьыам.
Эдьиийбэр
Уон биир сыл түргэнник ааһан
Оскуолаҕа быраһаай диэтин
Үрдүк таһымнаах үлэһит буолаары
Эн үөрэххэ киирдин
Сэргэлээххэ олорон
Элбэх оҕону кытта доҕордоһон
Эйэлээхтик олордун.
Биэс сыл устата үөрэннин
Үрдүк таһымнаах
Учууталлар уруок биэрэн
Үрдүк үөрэхтээх киһи буоллун
Дьоллоох Дьокуускай куоракка
Эн бэйэн олоҕун суолун астын
Кытаатан үөрэнэн
Дьоллоох киһи буоллун!
Ийэ
Ийэ, ийэ барахсан
Эн сырдык мичээрин
Миигин үөрдэр
Көрдөххө санаабын көтөҕөр.
Ийэ, ийэ барахсан,
Тымныы күҥҥэ
Нарын-намчы
Тылларынан таптыыр.
Ийэ, ийэ барахсан
Суос-соҕотох ийэкэм
Бу ийэ дойдуга баар буолан
Мин үөрэ-көтө сылдьабын
Сарсыарда эрдэ туран
Оскуолаҕа барабын
Ийэбин үөрэ көрсөбүн.
Бырастыы – 27.11.2005
Бырастыы гын миигин
Эйигин кытта кэпсэппэтэхпин иһин.
Мин эйигин мэлдьи саныыбын,
Хаартыскаҕа эн сырдык мичээргин
Үөрэ-көтө көрөбүн.
Күндү доҕорум бырастыы
Туох баар сыыһаны оҥорбуппун иһин,
Хаһан да хатылыам суоҕа мин.
Эн эрэ бааргын мин сүрэхпэр
Соҕотох күндү мин доҕорум,
Эн баар буолаҥҥын
Мин таптал диэни биллим.
Ол тапталга биһиги
Иккиэн сыыстыбыт.
Тоҕо эн бардын, мин олохпуттан
Син биир туох да иһин
Мин эйигин булуом бу сиртэн
Аан бастаан эн миигин бырастыы
Мин эйиигин таптыыбын
Мин эйигин таптыыбын
Олус да таптыыбын
Бу киэһэни умнума
Туох да буолбутун
Иһин самныма.
Ис сурэхпиттэн мин
Эйигин таптыыр эбиппин
Бу киэһэ мин саҥа өйдөөтүм.
Таптал диэн олус күүстээх саҥа.
Хаһан да уостубат уотунан
Биһиги ис сүрэхпитигэр умайар
Хаһан да миигин умнума
Таптал тылынан кынаттаа
Санаан үөрүүтүн айманыытын
Бу киэһэ мин эйиэхэ кэлиэм,
Туох да иһин
Миигин олорон күүт.
Мин эйигин көрөбүн,
Олус да үөрэбин.
Мин эйигин ахтабын
Олус диэн ахтабын
Туох да иһин мин эйигин
Күүтэбин, ахтабын, саныыбын!
21.Ыарахан олох кэлиитэ – 26.02.2006
Сор да буолар эбит
Барыта то5о эрэ сатаммат
Туох буолла бу айыылаах
Улугурдээх тугэн.
Мин олус санаар5аан олоробун.
Куьа5ан ыарахан кун буолла,
Санам да тустэ.
Туох оччолоох буолла
Бу ыарахан олоххо.
Олох да ыарахан,
Санам да ыарахан.
Мин олох кэлэйдим бу сиртэн.
То5о инник буолла
Кутум – сурум сургутулуннэ,
Олох айманна.
Барыта ол туьунан сана
Ол ыарахан кэм кэлиитэ.
***
22.Эмиэ эн кэллин
Мин санаабар.
Кинигэ аа5а олорон
Эн моссуоннун коробун,
Эн тугу саныыргын таайабын.
Тэннэ холбоон араарабын
Эн сэмэй тылларгын.
Тохтоо, кэтэс барыма!
Мин тылларбын иьит,
Мин эйигин мэлдьи саныыбын,
Ахтабын, долгуйабын.
Эйигин короору
Истин санааны этэбин.
Бу суурбэ биирис уйэ
Учугэйи, куьа5аны а5алла.
Олох икки оттуттэн
Миэхэ барытын кордордо.
Ону эн барытын билэ5ин
Бутэьик тылбын иьит.
Миигин хаьан да умнума
Мэлдьи саныы сырыт
Туох да буолбутун иьит
Оччо5о эйиэхэ олох
Бары учугэйи эрэ а5алыа
Миигин умнума, сэгэттэйиэм.
***
23.Туох барыта уларыйар
Мин санам хаалсыбат
Эйиигиттэн эрэ.
Мин бэйэм санаабын эппэккэ
Долгуйа эрэ олоробун.
Бугун утуо киэьэ буолла.
Кэскиллээх, долгутуулаах
Нарын-намчы тылларынан
ЛВИП рэптаан толордо
Бу киэьэни мин
Хаьан да умнуом суо5а!
***
24. 29.03.2006
Хаьан сана кун уунэр
Эйигин коруом этэ.
Эн эрэ тиийбэккин
Мин сурэхпэр.
Эйигин короот да5аны
Санаам уоскуйбат
Эйигиттэн эрэ.
Мин эйигин мэлдьи саныыбын,
Эн мичээргин коро таайабын.
Сурэ5им уоскуйбат
Эйигиттэн эрэ.
Миэхэ эн итэ5эй.
Бэйэм санаабын барытын
Эйиэхэ этэбин.
Миигин кэтэс, куут
Мин эйиэхэ кэлиэм.
Ааспыт таптал – 28.11.2008
Мин этиэхпин ба5ардым
Элбэх тыллары эйиэхэ:
«Миигин умна сатаа, -
Мин ааспыт тапталым!»
Эрэйдээмэ мин дууьабын,
Сордоомо мин куппун.
Миигин умна сатаа
Мин ааспыт тапталым.
Эн миигин таптыыгын эрээри
Мин эйигин таптаабаппын,
Кэпсэтиэхпин ба5арбаппын.
Биьиги тапталбыт умуллубута ыраатта5ыан.
Ол иьин умна сатаа.
Кордоьобун хатыылаама сыыьа5ын.
Миэхэ эн эрийимэ хаьан да
Кунустэри-тууннэри,
Суруктары ыытыма
Миигин умна сатаа
Мин ааспыт тапталым!
9.01.2009
Миэхэ бугун киэьэ
Куруус сана киирдэ.
Биир тугэнтэн мин
Олуьун долгуйдум.
Ол киэьэ миэхэ
Ыарахан этэ,
То5о диэтэххэ
Ким эрэ мэьэйдээтэ.
Ол кини барытын
Мулчу тутан
Миэхэ хардарда.
Кыраата быьылаах.
Ол онтон сылтаан
Мин сурэ5им айманна
Киьи тыла ох диэтэргин.
Кырдьыгынан буолан та5ыста.
Ынырык да5аны эбит
Киьи тыла.
Миигин олоро сыыста
То5о оннук буолла.
Онно миэхэ буруй суох
Буруйа суох ол дьоллоох.
Буруйа суох киьини
Ынырыктык ата5астаатылыр
Бэйэлэрэ да5аны сааппаттар.
***
Мин олуьун хомойдум
Эн миэхэ эдьиий буолар этин
Да5аны билигин эйигиттэн
Олуьун кэлэйдим.
Эн миигин кэлэттин
Сурэхпин ыарыттын
Чугас до5оргун сутэрдин
Чэ буоллун да5аны.
Араас буолар эбит киьи
Икки сирэйгэ кубулуйар.
Бииригэр – остоьор,
Иккиьигэр – албыннаьар.
Оннугунан эн миэхэ кэллин
Эн мин баар суох до5орум
Оннук да этиэхпин
Эйиэхэ билигин ба5арбапын.
Эн биьиги иккиэн
До5ордоьуубутун алдьаттын
Бырастыы гыныам суо5а
Хаьан да5аны кордоспуккун иьин.
***
Афоня, син биир эн аатын
Миэхэ чугас курдук
Ол кэрэ тугэни санаан кэллим.
Сана Дьыл киэьэтин.
Эн миигин кууьан ыларгын
Миигин сыллыыргын,
Ууруургун куруутун
Мин эйигин ахтабын.
Мэлдьи эйигин кэтэьэбин
Суох тугэннэр суохтуубун,
Бааргар – уорэбин.
Эн миигин кыыьыра5ын –
Дии саныыгын.
Билигин ол ааспыта.
Эн эрэ миигин
Быьыыр кыахтааххын
Бу харанаттан таьаараргыттан.
Эн эрэ.
***
То5о миигин кытта кэпсэппэккин
Таптыыбын диэн бэйэн эппитин
Барыта то5о мин сурэхпин
Ыарытыннара5ын оссо биирдэ.
Билигин мин ыарахан
Хомолтолоох тугэннэ сылдьабын
Эн эрэ быьыыр кыахтааххын
Ойдооруй миигин.
Мин эйигин син биир
Таптыыр эбиппин
Тоьо да кэм ааспытын иьин.
***
10.05.2009
Эн миэхэ кэлиий
Оло5ум аргыьа
Миигин уордууй
Олуьун хомотума.
Хараххын араарыма
Миигиттэн самныма
Санаабын кото5ууй
Сурэхпин долгутууй.
Мин эйигин эрэ таптыыбын
Ону эн билэ5ин
Эйигин эрэ саныыбын
Эрэлбин сутэримэ.
Хаьан да, ханнык да тугэн
Ааспытын кэлбитин кэнниттэн
Миигиттэн барыма
Мэлдьи бииргэ буолуохха!
****
Биир киэьэ мин
Биир уолу корустум
Олуьун долгуйдум
Санаабын улэьинним.
Кини миигин короро,
Мичээрдээн одулуура,
Сурэ5э айманара
Иккистээн билсиьэрэ.
Мин аттыбар олорон
Кэпсэтэн сэлэьэрэ
Элбэ5и истэн-корон
Ону-маны субэлиирэ.
Бэйэм да5аны кини хара5ын
Таба тутан ылан
Олуьун кыбыстарым
Тугу да этиэхпин билбэтэрбин.
Син биир билигин
Кинини корсуон ба5арарым
Хайдах эрэ кини миигин
Сурэхпин аймаан кэбистэ.
30.05.2009
Дьокуускай…
Дьоллоох куорат
Эн биьигини
Мэлдьитин холбуугун
Уордэ5ин оруутун
Хомойдохпутуна,
Санар5аатахпытына
Дьолбутун сутэрдэхпитинэ.
Дьокуускай…
Махтанабын эйиэхэ
Маннык кэрэ куорат
Баар буолбуккар
Олуьун диэн уорэбин
Хас биирдии тугэн
Умнуллубат биьиги
Санаабытыттан.
Дьокуускай…
Кыраьыабай да сирдэрдээх,
Кэрэ намын дьиэлэрдээх,
Элбэх сынньанар миэстэлээх.
Элбэх дьону дьоллообут
Куоратынан аатыра5ын
Эн Дьокуускай.
Эйигин мин олус куускэ
Таптыыбын, убаастыыбын.
Дьокуускай, дьоллоох куорат!
Быстах санаа5а ылларан
Кутум-сурум сургутулуннэ
Оло5ум алдьанна
Барыта бэйэм сыьыаммыттан
Билбэппин то5отун оннук буолбутун
Бэйэм алдьаттым.
Оо, кэбис бу дойдуттан
Барыыьыкпын быьылаах.
Ким да5аны мин тылбын
Ойдообот буолан турда,
Хайдахтаах да ьуолар эбит,
Олох диэн маннык эбит.
Уорэ сылдьан мин,
Уоьэ котон иьэн
Сууллан сылайан тустум.
Барыта бэйэм эрэйбиттэн,
Барыта бэйэм буруйбуттан.
Кэмсинэбин да5аны,
Ол эрэн куьа5ан тыллар
Дууьабын сиэннэр
Суох онордулар.
Харыстаабатым бэйэтигэр
Саба тустум – ойдооботум.
То5отун бэйэм да билбэппин.
Син биир санам
Дууьам алдьанна.
Кутум – сурум сургутулуннэ
Биир куьа5ан тугэнтэн.
Буолар да эбит
Быстах санаа5а ылларан
Бу билигин олордо5ум.
*А* 23.07.2009
Биир сайынны киэьэ5э
Эйигин кытта билсистим.
Илии-илии тутуьан
Иккиэн суол устун хаамтыбыт
Санаабытын уллэстэн
Кэпсээммитин кэнэтэн
Биир тылы буллубут.
Билигин эйигин суохтуубун,
Корсуьэр куммутун эрэ кэтэьэбин.
Корсуоххэ диэри!
***
Ахтыл5ан
Со5отох олордохпуна хоспор
Куруус сана миэхэ киирэр
Хаьан бутэьик а5абын корорбун.
Учугэй кэмнэр ааспыттара,
О5о сааспар – уон сыл иьигэр,
Онно а5ам баар этэ,
Мэлдьитин уордэр этэ.
Саас бастакы куннэригэр,
Ойуурга тахсан
Бары оонньуур – корулуур этибит.
Сайын сибэкки хомуйан,
Бэргэьэ онорорбут,
Ба5алары сырсыьан
Курулаччы арда5ы а5аларбыт.
Оттуу сылдьан
Бугул туруоран
Улэни кыайарбыт.
Аан бастаан биэлик тэбэргэ
Миигин а5ам уорэппитэ.
Сыыппараны уорэтэн
Чыыьылалары кытта до5ордоьон
Эдьиийбин математик онорбута.
Кини киьини ойдоон
Субэлээн-амалан олорбута,
Элбэх табаарыстардаах,
До5оттордоох этэ.
Санаабар билигин
А5абыт баар курдук.
Туулбэр киирэн
Миэхэ кэлэн этэр:
«Миигин быыьаабыттара»-
Олуьун кырыйбыт
Манхайбыт баттахтаа5а
«Учугэйдик уорэн»- диир этэ.
Билигин бара буолтар
Эрэйи-муну коруо суо5а этибит.
Онтон бара олохпут алдьанан
Толкобут маннык буолан
Тириэрпитэ дуу?
Ким да5аны соптоох эппиэт
Биэрэр кыа5а суох.
***
29.07.2009
Саба баттаныы,
Аллараа туьуу,
Кэннигэр охсуллубут
Чыычаах кэлэн тустэ.
Кыната тостон,
Сатаан коппот буолан
Эрэйдэнэ сыта
Мунаахсыйда.
Бары дьоннор короллор
Ааьа тураллар,
Ким да5аны кэлбэтэ
Комолоспото.
Сор да буолар эбит.
Элбэх хонук ааьан
Чыычаах муннаах
Суол ортотугар сыыллан тиийдэ.
О5уруо курдук харахтарын сабан,
Кэтэьэ сытта.
Санаатыгар дьолун
Толкотун быьаара сыппыта.
Онтон хара5ын аьан корбутэ,
Ханнык эрэ эдэр уол
Кото5он ылан
Илиитигэр тутан иьэрэ.
Дьэ, сурэ5э уоскуйан,
Дууьата уорэн,
Кун диэки корон
Танара баар эбит диэн санаабыта.
***
30.Сутуу
Тыал курдук сутэн
Олохтон тэйэн
Хаалыахпын ба5арабын.
Эрэйи-муну корбокко,
Олоххо олоруу диэни билбэккэ,
Халлаанна котон
А5абын кытта бииргэ буолан
Сутуохпун ба5арабын.
Дьоннор олохторун
Туораттан кэтээн кору сатаммат.
Бэйэм оло5ум табыллыбата5ына,
Уоьэ тахсан сир Дойдуну корон,
Куустээх тыал буолан
Бу сиртэн сутуохпун ба5ардым.
Кунду до5отторум,
Чугас аймахтарым,
Бииргэ уорэммит о5олорум
Быраьаайдарын!
Инники былааным ыьыллан,
Санам туьэн,
Дьоммун хомоттум
Барыта бэйэм буруйбуттан.
Билигин ким миэхэ комолоьуой?
Санаабын уоскутуой?
Аллараа туьэн эрэбин
Ким быыьыыр кыахтаа5ый?
Ким да5аны ойдообот миигин
Уорэххэ киирбэтэ5им
Элбэх эрэли сутэрдэ.
Кордоххутунэ билиэххит суо5а
Кэм уларыйыа,
Дьон эмиэ санаата,
Оло5у коруутэ,
Дьонно сыьыана
Тургэнник уларыйар
Онно уларыйыа уонна
мин оло5ум.
***
31.Ким мин олохпун уларытыай?
Бэйэм эрэ онорор кыахтаахпын.
Барыта бэйэбиттэн эрэ тутулуктаах.
Санаабын туьэрбэккэ
Инники диэки хардылаан иьиэххэ.
Олохпутун оностон,
Санаабытын уллэстэн,
Бэйэ-бэйэбитин ойдоьон-ойоьон сылдьыахха.
Хомойума, син биир хаьан эмит
Олох учугэйинэн эрэ кордоруо5э
Билигин эрэ сатаммат курдук.
Хаьан эмит, хана эмит
Биьиэхэ эмиэ кун тыгыа5а.
***
36. 25.06.2012
Мин эйиэхэ этиэхпин ба5ардым
Элбэх нарын-намчы тыллары
Мэлдьитин эн суруккун
Кунустэри-туннэри
Самаан сайын кэлбитинэн
Дууьам дьуэрэйэр
Эйиэхэ тапталбын тириэрдэн
Сурэ5им долгуйар
Кыбыстабын да5аны
Эппит тылларбыттан
Долгуйабын да5аны
Ис сурэхпиттэн
То5отун бэйэм да билбэппин
Санаабар куруутун бааргын
Харахпыттан арахпаккын
Эн мин чыычаа5ым!