Аал уотум иччитэ
Кыырык төбө,
Бырдьа бытык,
Хаан чаҕаан,
Күөнэ көгөччөр,
Алтан баһырҕас
Хатан Тэмиэрийэ
Тойон эһэм,
Аһаа-сиэ!
Күлүм аллай!
Мичик аллай!
Аан дойдум иччитэ
Аан Эскэл хотун эбэм,
Дойдум-сирим иччитэ
Толомон Иэйиэхсит,
Алтан сэргэни анньар,
Алаһа дьиэни тэринэр,
Аал уоту оттор
Аналлаах күнүм үүннэ,
Атыҥырыы санааман.
Унаар буруону унаардар,
Иэримэ дьиэни туруорар
Уйгулаах аналбын
Төттөрү төлкөлөөмөн.
Саха ыалын халандаара 2013