Аҕыс иилээх-саҕалаах
Аан ийэ дойдум иччитэ,
Үүт күүгэннээх өрө үллэн,
Далайын булдун
Таһырдьа дьалкыйан кулу эрэ!
Ыраахтан истэ сытыах,
Чугастан көрө сытыах курдук,
Ууга киирдэххэ
Уннуктаах илиилээ,
Далайга киирдэххэ
Салыҥнаах эҥэрдээ,
Талааннаах тарбахтаа!
Бу аан ийэ дойдуга
Айыллан төрөөбүт
Аан дойдуттан
Алгыһынан көрдөһөр аналлаах
Ииппит ийэ дойдум,
Аһаппыт аан дойдум,
Балчыры баоҕарпыт,
Торҕону торолуппут
Аан ийэ дойдум,
Этэр тылым иччитин
Иһит эрэ!
Кыраһа #5 1995