Дьиэ алгыһа
(Дьокуускайга этиллэр) Дьээ, Илин өттүгүттэн Элиэнэ эбэбит Эҕэрдэ этэ турдун, Соҕуруу өттүгүттэн Сорууҥу Хайа иччитэ
Ооҕуй-оҕус — дьиэ ымыыта Дьөһогөй Тойон Илэ-чахчы Иҥэрсийэ турдун, Арҕаа өттүгүттэн Чочур Мырааҥҥа олорор Аан дойду иччитэ Аан Алахчын Хотун Ала-чахчы Алгыс этэ турдун, Хоту өттүгүттэн Хотугу Хайа иччитэ Ынахсыт Хотун Уруй охсо турдун, Саныыр санааҕытын Сайыннаран, Өдүүр өйгүтүн Үннэрэн Үбү-харчыны тардан Үрүлүйэн иһиҥ. Айхал-айхал талба!
Суруйда Baaska. 2017-05-12 19:42:49 +09.
|