Тойоннуур алгыһа
Этим саастаннын, Хараҕым аһылыннын. Өттүгүм үүттэннин, Санным хайаҕастаннын. Үөтүүлээх өһүк эттэниим, Этитиилээх иччээн эттэниим.
Төбөм оройо төлөрүйдүн, Кэтэҕим уоллаҕаһа аһылыннын. Этээчилэрим Элбээтиинэр, Кэпсээчилэрим Кэлэҕэйдээбэтиннэр. Тылбар киирдиннэр, Саҥабын салайдыннар. Тойоннуурум Толору буоллун, Түөргүлүүрүм Төптөөх буоллун. Дом!
Суруйда Baaska. 2017-05-03 15:39:49 +09.
|