Билии алгыһа
Эт мэйиим Аһылыннын, Билэрим элбээтин. Икки тэргэн кулгааҕым Истэрэ кэҥээтин. Икки уу хараҕым Көрөрө үксээтин.
Орто дойдум Суолларын тобулуум, Айыы сирин Аартыктарын арыйыым. Өйдүүрүм Үксээн истин, Билэрим Дириҥээн истин. Санаам сабаҕаланнын, Тылым тамахтаннын, Түөрт дойду Билгэтэ буолуум. Дом!
Суруйда Baaska. 2017-05-03 15:34:13 +09.
|