Көрөрбүнэн эрэ муҥурданымыым,
Билэрбинэн эрэ уоскуйумуум.
Күлүгү харбаамыым,
Туманы кууһумуум.
Үктэтиигэ түбэһимиим,
Уһун кутурукка охсуллумуум.
Хараҕым сырдык буоллун,
Өйүм дьэҥкэ буоллун.
Үрүҥү-хараны араарыым,
Үтүөнү-мөкүнү өйдүүм.
Иннибин ыйдаҥардыы,
Кэлэрбин сэрэйиим.
Бигэ итэҕэллээх буолуум,
Бөҕө өйдөбүллээх буолуум!
Дом!