Амарах санаалаах
Айыы киһитэ буолуум,
Көмүскэс санаалаах
Күн киһитэ буолуум.
Тутулукпун уларытымыым,
Туймуубун төлөрүтүмүүм.
Аан дойдум алгыһыҕ ылыым,
Ийэ сирим эҕэрдэтин тутуум.
Күнтэн быабын көтүрүмүүм,
Ыйтан быабын ыһыктымыым.
Үтүөнү үрдэтэ туруум,
Мааныны барҕарда сылдьыым.
Аналбын толоруум,
Айылҕабын батыһыым.
Табылларбын булуум,
Сатанарбын оҥостуум.
Дом!