Үрүҥ Айыы
Үүнүн-тэһиинин тутуум.
Тоороккой буолан туораамыым,
Бытархай буолан быстымыым.
Үгүс дьону кытта
Үөрдүһэн үтүөнү үксэтиим,
Аймах дьону кытта
Алтыһан алгыһы элбэтиим.
Атын суолу аймаамыым,
Бэйэм суолбун сүтэримиим.
Тэрээһини ситэриим,
Салалтаны салайыым.
Биир бэйэм элбэх буолуум,
Соҕотох бэйэм үгүс күүстэниим.
Дом!