Ас үрдүн алгыһа
Аан дойдум далбара, Ийэ сирим илгэтэ Амтаннаах аһыыр аһым, Минньигэс иһэр утаҕым Этэр тылын Эгэлгэтин сэрэйиим, Туһаайар тылын Тосхолун сабаҕалыым.
Аналын айылҕабар дьүөрэлиим, Тосхолун Стаан туһаныым. Сайдар диэки салайыым, Чэгиэн диэки эргитиим. Айыы өттүн харыстыым, Үтүө өттүн үрдэтиим. Дом!
Суруйда Baaska. 2017-05-03 14:48:10 +09.
|