Тэтим алгыһа
Барытын бадахтыым, Түөрэтин төрүттүүм. Ойон тахсар күнүм Оломор олорсуум, Тэгэлийэ сүүрэр ыйым Тэтимин тутуһуум.
Сиртэн силиһим Ситэри буоллун, Халлаантан тутулум Толору буоллун. Үүнүүнэн Суолланыым, Сайдыынан Аартыктаныым. Айылҕабын батыһыым, Айыыларбын саныым. Илиим сыснаҕас Буоллун, Атаҕым быйаҕнаах буоллун! Дом!
Суруйда Baaska. 2017-05-03 14:45:56 +09.
|