.
|
|
Билигин сайтка 1 киһи баар |
Сотору: 2 күнүнэн: 12.06.2025 Российскай федерация суверенитетын кунэ. Ыраас, куйаас, чэмэлкэй күннэр. 4 күнүнэн: 14.06.2025 Самаан сайын са5аланар кэмэ. Ыhыахтар са5аланаллар. Ардаатаҕына - үчүгэй үүнүү. 6 күнүнэн: 16.06.2025 Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах. 11 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх. 12 күнүнэн: 22.06.2025 Саамай уһун күн.
| |
Билгэ
Күн Куйаарыма кинигэтинэн билгэ.
Билгэлэнэргэ биир киhи күҥҥэ биирдэ эрэ баттыахтаах, ол кэннэ утуу субуу хаста да баттаабытын аахсыллыбат, маҥнайгы эрэ сырыын дьиҥнээх буолар.
БИЛГЭЛЭН <--баттаа
|
|
Суол аныгы алгыһа
Аҕыс адаардаах Аартык, Тоҕус тоҕойдоох Суол иччитэ Албан Тураахый, Айхал!
Туймаадаттан Туймууланан Түөрт суол буолан Төрүттэннэҕин, Салаа суоллар буолан, Айыы ситимэ буолан Тарҕыыгын, Күн ситимэ буолан Көстөҕүн, Арҕаспыттан тэһииммит Арахпат, Көхсүбүттэн көнтөспүт Көтүллүбэт, Баҕахха баайыылаахпыт, Сэргэҕэ өртөммүппүт, Дом! Лазарь Андреевич Афанасьев - Тэрис «Иччилэр» кинигэтиттэн. Дьокуускай. Бичик – 2013 с.
Суруйда Baaska. 2017-05-02 23:39:07 +09.
|
|
^ Үөһээ DIV >
|
|
|