Хотон иччитин аныгы алгыһа
Ураҕас тухары Уһун үүрүүбүт төрдө, Сэтии тухары Кэтит сэтиибит иччитэ Ынахсыт Хотун, Айхал!
Ыылаах хотоҥҥо Ыыраахтаах атахтааҕы Ыксалат, Хотон тухары Хороҕор муостааҕы Хойуннар, Үүт аһынан Үллэ тур, Сүөгэй аһынан Сүүрүгүр, Иэдьэгэй аһынан Дэбэлий, Чонойор чороонуҥ Толору кымыстаах буоллун. Дом! Лазарь Андреевич Афанасьев - Тэрис «Иччилэр» кинигэтиттэн. Дьокуускай. Бичик – 2013 с.
Суруйда Baaska. 2017-05-02 23:31:19 +09.
|