Дьиэ иччитин аныгы алгыһа
Алаһа дьиэм Айыыта, Иэримэ дьиэм Иччитэ, Дьиэрдэ Бахсы, Айхал!
Тоҕус эйгэни Тускулаатыҥ, Дьоллоох холумтаны Олортуҥ, Айыы алгыһынан Арчылаатыҥ, Түөрт дулҕаны Төлөрүттүҥ. Илин өттүгүттэн Иэйэхсит эҕэрдэлээтэ, Соҕуруу өттүгүттэн Дьөһөгөй иҥэрсийдэ, Арҕаа өттүгүттэн Аан Алахчын Айхаллаата, Хоту өттүгүттэн Хотой Айыы Уруйдаата, Дом! Лазарь Андреевич Афанасьев - Тэрис «Иччилэр» кинигэтиттэн. Дьокуускай. Бичик – 2013 с.
Суруйда Baaska. 2017-05-02 23:27:58 +09.
|