Уот алгыһа
Аһаах мас Аһылыктаах, Үөл мас үтэлээх, Күл тэллэх, Көбүөрүнньүк суорҕан, Харчы сото,
Алтан баһырҕас, Бырдьа бытык, Хатан Тэмиэрийэ, Аан Уххан, Айхал! Аллараа тэрчигинэн Аллараттан тахсааччылары Араара тур, Орто тэрчигинэн Ортоттон охсооччулары Утаара тур, Үөһээ тэрчигинэн Үөһэттэн түһээччилэри Үтэйэ тур, Кири тэйит, Дьаҥы-дьаһаҕы араар, Оһолу-төрүөтү утаар, Ыарыыны чугаһатыма. Дом! Лазарь Андреевич Афанасьев - Тэрис «Иччилэр» кинигэтиттэн. Дьокуускай. Бичик – 2013 с.
Суруйда Baaska. 2017-05-02 23:21:38 +09.
|