Уот иччитин алгыһа
Үүт таас бэйэлээх, Үүт күөл олохтоох Үрүҥ Айыы Тойон аҕам Ылгын уола, Тоҕус сылы мэлдьи Сидьи Босхоҥ буолан сыппыт Күөрэ Дабаан Дархан,
Кыыра Бырдьа Маҥкы Батас, Кындыс Кымньыы, Хахай Саҕынньах, Бэдэр Бэргэһэ, Байба Ньилбэк Аал уот эһэм, Адьарайтан аһын, Былаҕайга былдьатыма, Дэлэгэйгэ диэлит, Орто дойдуга Тоҕус тордохтоох сирэйдээх Үөрдэртэн Көмүскүү-харыһыйа тур. Үйэлээх сааһым тухары Баай байаммын, Тот тотоммун, Сүөһү иитэммин, Оҕо төрөтөммүн, Киһи олоҕун олороммун, Олордорбун диэммин Оҥоһуннум. Айыы тойон аҕам, Сырдык тыыҥҥын түһэр Мин дьиэм туспатыгар. Лазарь Андреевич Афанасьев - Тэрис «Иччилэр» кинигэтиттэн. Дьокуускай. Бичик – 2013 с.
Суруйда Baaska. 2017-05-02 23:18:44 +09.
|