Баҕах иччитигэр аныгы алгыс
Дириҥ далай Түһүлгэ төрдө, Уолбат ойбону Оҥорооччу, Аан дойдуну кытта Аҕыс эрбэҕинэн сибээстээх, Айыы суолун кытта Тоҕус эрбэҕинэн тутулуктаах Аар баҕах иччитэ, Айхал!
Сиэри Ситтэрэ тур, Майгыны Тупсра тур, Айар аналлаа, Тутар тосхоллоо, Дьулууру ууна сылдьар Туруу мас буолан Томторго тохтоо, Алгыһы Аныы сылдьар Ытык мас буолан Ыһыахпыт баһа буол! Дом! Лазарь Андреевич Афанасьев - Тэрис «Иччилэр» кинигэтиттэн. Дьокуускай. Бичик – 2013 с.
Суруйда Baaska. 2017-05-02 23:06:51 +09.
|