Аан Алахчыҥҥа билиҥҥи алгыс
Иэйэхсит Маанылаах кыыһа Иэйэхсит Хотун, Айхал!
Бу дойду Тускутун тутан, Төлкөтүн өрө көтөҕөн, Уҥа илиигэр Иһэгэй тутан, Хаҥас илиигэр Түү мээчиги көтөҕөн, Дьабакабэрэһэтин Эҕэтэйдии уурунан, Киис саҕынньаҕын Нэлэккэйдии кэтэн, Көҕүөр-таһыар эмиийин Таһааран, Баай хатыҥҥа дьиэлэнэн, Саламанан далбаатанна, Үрүҥ сиэлинэн дьалбыйда, Дом! Лазарь Андреевич Афанасьев - Тэрис «Иччилэр» кинигэтиттэн. Дьокуускай. Бичик – 2013 с.
Суруйда Baaska. 2017-05-02 22:40:03 +09.
|