Дьэбэрэ тэллэх,
Бырыы сыттык,
Көппөх суорҕан,
Туона баай,
Күөх далай иччитэ
Күөх Боллох Оҕонньор,
Тойон эһээм,
Тоҕус уон тоҕус
Чороох туубар
Лоһуор көмүс собоҕун
Лоһугуратан кулу эрэ,
Сэттэ уон сэттэ
Тэрээк илиммэр
Тэрэкэнэ быччыкыгын
Тэбэн кулу эрэ,
Аан сабарай
Аһастаах муҥхабар
Бастыҥ балыккын
Бастаран кулу эрэ!
Тойон эһээм,
Аһаттаххына, эн эрэ аһатаҕын,
Сиэттэххинэ, эн эрэ сиэтэҕин.
Көрдөһөбүн!
Аһаа-сиэ, мичик гын!
Саха ыалын халандаара - 2013