- 3-6 ост.нь. үүт
- 1-3 ост.нь. сүөгэй
- 1 ост.нь. бурдук
- 1 ост.нь. ынах арыыта
- Туус
Сүөгэйгэ үүтү, ынах арыытын эбэн оргутабыт, онтон ытыгынан булкуйа-булкуйа сиидэлэммит бурдугу, тууһу эбэн баран мөлтөх уокка арыыта ууллан тахсыар дылы буһарабыт. Саламаакка оруос эбэтэр дьэһимиэн бурдугун туттар ордук.
Саламааты итиилии мас кытыйаҕа, о.д.а. иһиккэ кутан остулга уурабыт.
МИННЬИГЭСТИК АҺААН! 
"Чөл буолуу кистэлэҥэ - 2010" Халандаар.