.
|
|
Билигин сайтка 5 киһи баар |
Сотору: 2 күнүнэн: 10.06.2025 Дьахтар күүлэйдиир күнэ. Сайылыкка көһүү сүпсүлгэнэ бүтэн, нус - хас үүт тураан күннэр үүнэллэр. Уоскуйбучча дьахталлар оҕолорун батыһыннара сылдьан, кырдьаҕас хатыҥ маска салама ыйыыллар, алаадьы буһаран сыт таһаараллар. Өгүрүө кэлэр. Дөлүһүөн сибэккилэнэр, сардаана тыллар. Бу күн чуумпу - үчүгэй үүнүүлээх дьыл. 4 күнүнэн: 12.06.2025 Российскай федерация суверенитетын кунэ. Ыраас, куйаас, чэмэлкэй күннэр. 6 күнүнэн: 14.06.2025 Самаан сайын са5аланар кэмэ. Ыhыахтар са5аланаллар. Ардаатаҕына - үчүгэй үүнүү. 8 күнүнэн: 16.06.2025 Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах. 13 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
| |
Билгэ
Күн Куйаарыма кинигэтинэн билгэ.
Билгэлэнэргэ биир киhи күҥҥэ биирдэ эрэ баттыахтаах, ол кэннэ утуу субуу хаста да баттаабытын аахсыллыбат, маҥнайгы эрэ сырыын дьиҥнээх буолар.
БИЛГЭЛЭН <--баттаа
|
|
Үүт үрүмэтэ
Сахалар ыһыах кэмигэр эбэтэр үөрүүлэх түгэннэргэ ордук күндүргэтэн бэлэмниир аһылыктарынан үүт үрүмэтэ буолар. Үрүмэни бэлэмнээһин көрүҥэ хас даҕаны буолар.
Олортон ордук тэнийбитинэн харта үрүмэтэ буолар: 5 ыстакаан үүт, 25 грамм ынах арыыта 150 грамм үрүмэни бэлэмнииргэ ылыллар. Сэппэрээтэрдэмит үүтү чугуун хобордоохо мөлтөх уокка оргутллар. Оргуйбут үүккэ күүгэн тахсыбытын холбуйан быраҕыллар. Ити кэнниттэн оргуйбут үүтү сойутуллар. Сойон эрэр үүккэ бүрүллүбүт үрүмэни сэрэнэн саралыы тардан үүтүн сүүрдэн куурдуллар уонна нэлэгэр тэриэлкэҕэ эбэтэр бодунуоска тэлгии ууран кыынньыбыт арыыны биир дэхситик сотуллар. Тинник үүт үрүмэтин хас эмэ хос гына уурулар уонна лапса тиэстэтин курдук эрийиллэр. Эриллибит харта үрүмэни 4 муннуктаах буолар гына тутулар. Харта үрүмэни чээйгэ уонна анал аһылык быһыытынан бэриллэр. Сахалар үрүмэни дьэдьэннээн бэлэмнииллэр. Син эмиэ үрүмэни итиүһэ ахтыбыппт курдук бэлэмнииллэр. Үүт үрүмэтин хас дьапталҕатын ахсын, эмиэ харта үрүмэ курдук, арыынан сотуллар уонна чараас гына үргэниллибитинэн сибиэһэй дьэдьэни уруллар. Ити кэнниттэн эрийэн баран тымныы сиргэ туруоруллар. Үүт үрүмэтин оҥоруу судургу вариана баар. Лена өрүс сүнньүнээҕи оройуоннар үүт үрүмэтин холбуйуу ньыматынан бэлэмниллэр. 300 г. Үүт үрүмэтин ыларга 3 литр ыаммытынан үүт наада. Үүт мөлтөх уокка оргутуллар. Ити кэмҥэ үүт үрүмэтин хамыйаҕынан холбуйан анал иһиккэ кутулуохтаах. Ити холбуллубут үүт үрүмэтин сойутан баран, бытархай гына кэрчиктии кырбаан остуолга уураллар. Үрүмэни бурдуктаан бэлэмнээһин ньымата эмиэ баар. Чугуун хобордоххо үүтү бытааннык оргутуллар. Оргуйан эрэр үүт үрдүгэр бурдугу барбах тамалатыллар уонна булкуйбакка эрэ үрүмэни кытта холбуйуллар. Итиник бурдуктаах үрүмэни холбуйуу үүт үрдүгэр хаһан үрүмэ тахсыбат буолур диэри ыытыллар.Үрүмэни сойутан, салгылатан баран аһылыкка бэриллэр. И.И.Тарбахов “Эн остуолун сахалыы астара”, “Якуткига”, 1991.
Суруйда Baaska. 2011-12-09 00:11:49 +10.
|
|
^ Үөһээ DIV >
|
|
|