Сайыҥҥы кэмҥэ сахалар ордук сөбүлэн иһэр утахтарынан ымдаан буолар. Ымдаан икки ньыманан оҥоһуллар. Бастакыта: 1 литр ымдааны бэлэмнииргэ 1,5 ыстакаан аһыы суораты уона 3,5 ыстакаан уну ылыллар.
Оргутуллубут тымныы ууга суораты кутаат, ытыйаллар. Утах үрдүгэр биир дэхси күүгэн таҕыстаҕына ытыйыы тохтотуллар уонна тымныы сиргэ ууруллар.Ымдааны иһиэх иннинэ бир ыстакаан утахха 1 чаайынай ньуоска сүөгэйи куттаахха минньийэр.
Утах бэлмнэниллэр иккис ньыматыгар 1,5 ыстакаан аһыы суорат, 3 ыстакаан уу, 10 грам аһылык мууһа бэлэмнэниллэр. Син эмиэ маҥнайгы ньыма курдук оргутуллубут тымныы ууга суораты кутуллар уонна биир дэхси күүгэн тахсыар диэри ытыйыллар. Ити кэнниттэн утаҕы тута иһэр наадатан бэлэмнэниллэр мууһу угуллар.
И.И.Тарбахов “Эн остуолун сахалыы астара”, “Якуткига”, 1991.