Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 7 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
2 күнүнэн: 10.06.2025 Дьахтар күүлэйдиир күнэ. Сайылыкка көһүү сүпсүлгэнэ бүтэн, нус - хас үүт тураан күннэр үүнэллэр. Уоскуйбучча дьахталлар оҕолорун батыһыннара сылдьан, кырдьаҕас хатыҥ маска салама ыйыыллар, алаадьы буһаран сыт таһаараллар. Өгүрүө кэлэр. Дөлүһүөн сибэккилэнэр, сардаана тыллар. Бу күн чуумпу - үчүгэй үүнүүлээх дьыл.
4 күнүнэн: 12.06.2025 Российскай федерация суверенитетын кунэ. Ыраас, куйаас, чэмэлкэй күннэр.
6 күнүнэн: 14.06.2025 Самаан сайын са5аланар кэмэ. Ыhыахтар са5аланаллар. Ардаатаҕына - үчүгэй үүнүү.
8 күнүнэн: 16.06.2025 Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах.
13 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
         
    

Быырпах

Быырпаҕы сүнньүнэн икки суол ньыманан бэлэмниэххэ сөп. Бастакыта: 3 литр бырпаҕы ылар наадаттан маннык рецебинэн бэлэмнэниллэр: 400 грамнаах 1 бааҥка саахардаах кэнсиэрбэлэммит үүт (сгущенка), 2 ыстакаансуорат, 2,2 литр уу бэлэмнэниллэр.

Оргутуллубут ууга кэнсиэрбэ үүтү кутуллар. Ити кэнниттэн бэлэмнэниллибит суорат холбонуллар. Муос ытыгынан үчгэйдик ытыйылар уонна иһити ыга хаппахтаныллар. Бэлэмнэниллибит быырпаҕы 8-10 чаас туруоруллар. Быырпах үрдүгэр бытархай хабахтар тахсалларын саҕана эмиэ үчүгэйдик ытыйыллар уонна 4-5 чаас устат ыга хаппахтанылар, салгыы туруорулар. Бэлэм көөнньөрүллүбүт быырпахха, иһиэх иннинэ, сүөгэй куттахха утах ордук минньигэс буолар.

Быырпах икис көрүҥэ өссө судургу: 3 литр быырпаҕы ылар буоллахха ыстакаан аҥардыыта сүөгэй, 1,2 литр суорат, 1 литр уу, 20 грам саахар бэлэмнэниллэр. Оргутуллубут ууга сүөгэйи, суораты, саахары кутан ытыйыллар. Ытыйыы бытархай хабахтар тахсыахтарыгар диэри оҥоһуллар. Ол кэнниттэн утаҕы 8-10 чаас устата итии сиргэ ыга хапахтаан уурллар. Көөнньөрүллүбүт быырпаҕы сойутан баран, иһиэх иннинэ ытыйыллар.

И.И.Тарбахов “Эн остуолун сахалыы астара”, “Якуткига”, 1991.

Суруйда Baaska. 2011-12-09 00:06:09 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ