.
|
|
Билигин сайтка 6 киһи баар |
БYГYН: Мүөттээх сиик түһэр. Сүмэһин таһаарар үүнээйи аһылыктаах үөн - көйүүр тиллэр, ыам кумаара түһэр. Сотору: 2 күнүнэн: 10.06.2025 Дьахтар күүлэйдиир күнэ. Сайылыкка көһүү сүпсүлгэнэ бүтэн, нус - хас үүт тураан күннэр үүнэллэр. Уоскуйбучча дьахталлар оҕолорун батыһыннара сылдьан, кырдьаҕас хатыҥ маска салама ыйыыллар, алаадьы буһаран сыт таһаараллар. Өгүрүө кэлэр. Дөлүһүөн сибэккилэнэр, сардаана тыллар. Бу күн чуумпу - үчүгэй үүнүүлээх дьыл. 4 күнүнэн: 12.06.2025 Российскай федерация суверенитетын кунэ. Ыраас, куйаас, чэмэлкэй күннэр. 6 күнүнэн: 14.06.2025 Самаан сайын са5аланар кэмэ. Ыhыахтар са5аланаллар. Ардаатаҕына - үчүгэй үүнүү. 8 күнүнэн: 16.06.2025 Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах. 13 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
| |
Билгэ
Күн Куйаарыма кинигэтинэн билгэ.
Билгэлэнэргэ биир киhи күҥҥэ биирдэ эрэ баттыахтаах, ол кэннэ утуу субуу хаста да баттаабытын аахсыллыбат, маҥнайгы эрэ сырыын дьиҥнээх буолар.
БИЛГЭЛЭН <--баттаа
|
|
Үһүйээннэр
Биэстээх Бочоох уонна Сыҥааҕа суох ойуун
Биэстээх Бочоох үйэтигэр Хачыкаакка биир аата ааттамматах улуу ойуун Буотама үрэх төрдүгэр олорбут. Кини хайа дойдуга төрөөбүтүн, хайдах ойуун-удаҕан буолбутун ким да билбэт. Тас көрүҥүттэн да көрдөххө, киһиттэн ураты дьүһүннээх күтүр эбит.
Сиһилии
Үһүйээннэр
Сиикэй Чэчиим
Хачыкаакка Арыы кутуругар Сиикэй Чэчиим (Зосим Ермолаев) диэн отоһут киһи олорбут.
Сиһилии
Үһүйээннэр
Саха бухатыыра Дьаакып Боппуоп
20-с үйэ саҥатыгар Боотуруускай улууһун Тыараһа нэһилиэгэр, Хоту алааһын Хаҥас Арыылааҕар улуус быраабата баара үһү. Онно олохтоох баай Боппуоптар ыллыктаах тылларынан, төрүт өйдөрүнэн аатыран-сураҕыран, “Боппуоктар дуо?” дэтэн ньиргийэн олорбуттар.
Сиһилии
Үһүйээннэр
Моолльоор Сэмэн
Үөһээ Дьааҥы улууһун II Байды нэһилиэгэр 19-с үйэҕэ Семен Васильевич Аммосов-Моолльоор Сэмэн диэн бүтүн күүстээх киһи олорон ааспыта. Сөпкө аһаан-сиэн олорор эрэ курдук хаһаайыстыбалааҕа, сүөһүлээҕэ-астааҕа үһү.
Сиһилии
Үһүйээннэр
Кукаайык кинээс уонна Табытыан ойуун тустарынан Алыһардаах удаҕан кэпсээнэ
Бу былаас буолбутун кэннэ мин аҕабын кытта Лүксүгүн муҥхатыгар барса сылдьыбытым. Онно Доосколорго хоно сыттахпытына, Алыһардаах удаҕан кэлбитэ. Кини сирин кырыкыйдар ылбыттарын үҥсэр суруктаах иһэр этэ. Ол хоно сытан биһиги удьуорбутугар Табытыан ойуун босхоҥ өлүүнү хайдах иҥэрбитин туһунан кэпсээбитэ.
Сиһилии
|
|
^ Үөһээ DIV >
|
|
|