Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 7 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
2 күнүнэн: 10.06.2025 Дьахтар күүлэйдиир күнэ. Сайылыкка көһүү сүпсүлгэнэ бүтэн, нус - хас үүт тураан күннэр үүнэллэр. Уоскуйбучча дьахталлар оҕолорун батыһыннара сылдьан, кырдьаҕас хатыҥ маска салама ыйыыллар, алаадьы буһаран сыт таһаараллар. Өгүрүө кэлэр. Дөлүһүөн сибэккилэнэр, сардаана тыллар. Бу күн чуумпу - үчүгэй үүнүүлээх дьыл.
4 күнүнэн: 12.06.2025 Российскай федерация суверенитетын кунэ. Ыраас, куйаас, чэмэлкэй күннэр.
6 күнүнэн: 14.06.2025 Самаан сайын са5аланар кэмэ. Ыhыахтар са5аланаллар. Ардаатаҕына - үчүгэй үүнүү.
8 күнүнэн: 16.06.2025 Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах.
13 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
         
    

Мас Мэхээлэ

Мас Мэхээлэ - Михаил Семенович Карамзин Бороҕон улууһугар 2-с Лөгөй нэһилиэгэр 1860 с төрөөбүтэ. Ийэтэ Маарыйа диэн Курбуһах дьахтара олус күүстээҕэ эбитэ үһү.

Остуоллаах Суорум диэн хос ааттаҕа. Мас Мэхээлэ аҕата Сэмэн диэн балайда обургу күүстээх киһи эбит. Бу икки күүстээх дьонтон 6 уол оҕо төрөөбүт. Барыларыттан убайдара Мэхээлэ уһулуччу күүстээх, улахан тустуук, үйэтигэр сүһүөхтээхтэн бүдүрүйбэтэх. Түөрт уон саастаах сылдьан куоракка Спирдонов атыыһыт уһаайбатыгар 25 буут ыйааһыннаах сымара тааһы көтөҕөн баран тэлгэһэҕэ хаама сылдьыбыт уонна сыҥаһа ороҥҥо илдьэн уурбут. Сыҥаах нэһилиэгин киһитэ Суккуруур Батас, Хороттон Бөҕө Лөкүө, Дүпсүнтэн Күүстээх Көөтөөн, Байаҕантайтан Бөҕө Ньукулааскы Мас Мэхээлэни кытта тустан , күүстэрин боруобалаһан кыайтарбыттарынтуһунан номоххо кэпсэнэр.

Мас Мэхээлэ 80 сааһыгар чугаһаан иһэн өлбүт.

Халандаар - 2007

Суруйда Baaska. 2011-12-09 20:49:04 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ