Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 7 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
2 күнүнэн: 10.06.2025 Дьахтар күүлэйдиир күнэ. Сайылыкка көһүү сүпсүлгэнэ бүтэн, нус - хас үүт тураан күннэр үүнэллэр. Уоскуйбучча дьахталлар оҕолорун батыһыннара сылдьан, кырдьаҕас хатыҥ маска салама ыйыыллар, алаадьы буһаран сыт таһаараллар. Өгүрүө кэлэр. Дөлүһүөн сибэккилэнэр, сардаана тыллар. Бу күн чуумпу - үчүгэй үүнүүлээх дьыл.
4 күнүнэн: 12.06.2025 Российскай федерация суверенитетын кунэ. Ыраас, куйаас, чэмэлкэй күннэр.
6 күнүнэн: 14.06.2025 Самаан сайын са5аланар кэмэ. Ыhыахтар са5аланаллар. Ардаатаҕына - үчүгэй үүнүү.
8 күнүнэн: 16.06.2025 Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах.
13 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
         
    

Күүстээх Куонаан (1865-1947)

Попов Конон Степанович - Күүстээх Куонаан Дүпсүн улууһугар Чэриктэй нэһилиэгэр төрөөбүт киһи. Күүстээх Куонаан төрөөбүт аҕата Күүстээх Көөтөөн хайа да бэйэлээх хаҥыл сылгы көҕүлүгэр түһэн баран, умса баттаан букатын хамсаппата үһү уонна торбос курдук соһон хаһааҕа киллэрэрэ дииллэр.

Күүстээх Куонаан хаҥыл сылгы көҕүлүгэр түһэн баран, умса баттыы сылдьан суларын кэтэрдэрэ үһү. Бүтэй сиэрдийэтигэр ыбылы кэлгийэн туран ыҥыырдаан баран, ыарахан бэрэмэйдэри уураат, үрдүгэр олоро түһэр да барара үһү. Кытаанах илиигэ уонна ыарахан таһаҕаска кыаҕын ылларбыт сылгы сонно тута сымнаан, астаабыт таҥас курдук буолан хаалара дииллэр.

Кини кырата 100 кг ыйааһыннаах, ортону үрдүнэн уҥуохтаах, суон моойдоох, кэтит сарыннаах таһаалаах, көҕүстээх, толору эттээх сирэйдээх, сырдык хааннаах оҕонньор эбитэ үһү. Аһыырыгар балай да моҕус эбит. Эти-балыгы бэркэ сиирэ үһү. Биир сылабаар чэйи олорон эрэ иһэн кэбиһэрэ үһү.

Халандаар - 2007

Суруйда Baaska. 2011-12-09 00:41:34 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ